Саха тылын уонна литературатын үөрэтиигэ бөлөҕүнэн үлэ суолтата

Содержание

Слайд 2

“Саха тылын уонна литературатын үөрэтиигэ бөлөҕүнэн үлэ суолтата” Үөрэх методиката биэрэр сүбэлэрэ

“Саха тылын уонна литературатын үөрэтиигэ бөлөҕүнэн үлэ суолтата” Үөрэх методиката биэрэр сүбэлэрэ
араастар. Биир теманы араастаан, тус-туһунан варианнарынан үөрэтиэххэ сөп. Учуутал үөрэтэр кылааһын билиититтэн, үөрэххэ сыһыаннарыттан, үлэлиир дьоҕурдарыттан, атыннык эттэххэ араас чопчу усулуобуйалары учуоттаан, үөрэтии ньымаларын, матырыйаалын бэйэтэ талан ылар. Ол курдук, биир сүрүн ньыманнан буолар бөлөҕүнэн үлэ. Үөрэнээччи бөлөххө үлэлиир дьоҕура сайдан, туора киһи санаатын ылыныыта, биир түмүккэ кэлэр үлэни ситиһиилээхтик оҥорон таһаарар.

Үлэ проблемата:
Аныгы үйэ үөрэнээччитэ киэҥ толкуйдаах, тулалыыр эйгэтиттэн элбэх билиини, информацияны ылар. Ол эрэн оҕо бэйэтин санаатын аһаҕастык этэрэ, толору кэпсиирэ сүтэн эрэр. Үйэ ирдэбилинэн билигин оҕо тылынан экзамен туттарара суох буолла, үксэ тест көмөтүнэн туттараллар. Онон сибээстээн, оҕо бэйэтин санаатын толору этэригэр, аһаҕастык кэпсииригэр уруок иһигэр бөлөҕүнэн үлэ көрүҥнэрэ баар буолуохтаахтар. Бөлөҕүнэн үлэ ньымата оҕо бэйэ санаатын сөпкө этэригэр, үлэҕэ тэҥҥэ кыттыһан улэлииригэр, туруоруллубут сыалын ситиһэригэр, кэпсии үөрэнэригэр хайысхалааһын буолар.

Сайыннарар дьоҕура:
Бөлөҕүнэн үлэ оҕону кэпсииргэ, санаатын толору этэригэр сайыннарар дьоҕурдаах. Үөрэнээччи кэпсэтии тылын истиилин сөпкө тутуһан, бэйэтин санаатын сааһылаан, толкуйдаан ырытар буолар. Хамаанданнан үлэ биир санааҕа киирии, бэйэ-бэйэни өйдөһүү, ситэрсэн биэрэргэ үөрэнэллэр.

Слайд 3

Бөлөҕүнэн үлэ олоҕурбут ситиһиитэ уонна тоҕоостооҕо

Үлэ тоҕоостооҕо:
Аныгы үйэ кэмигэр сөп түбэһиннэрэн

Бөлөҕүнэн үлэ олоҕурбут ситиһиитэ уонна тоҕоостооҕо Үлэ тоҕоостооҕо: Аныгы үйэ кэмигэр сөп
үөрэтии, үөрэнээччи эрдэттэн хамаандаҕа үлэлиир буолар дьоҕурун сайыннарыы.

Учуутал бөлөҕүнэн үлэ ньыматын туттарыгар олоҕурбут уопута.

Саҥа үөрэх технологиятыгар олоҕуран
(ФГОС)

Араас дистанционнай үөрэх таһымнарыгар олоҕуран үөрэтии.

Учууталлар уопуттарыгар олоҕуран.

Стандартнай үөрэх таһымыгар олоҕуруу.

Бэйэ уопутун сайыннаран үлэ араас көрүҥнэрин ыытыы.

Слайд 4

Толкуйу сайыннарыы бииргэ үлэлиир дьоҕур үөрэнээччи интэриэһэ үөрэнээччи бэйэ-бэйэтигэр сыһыанын көстүүтэ (бөлөҕүнэн

Толкуйу сайыннарыы бииргэ үлэлиир дьоҕур үөрэнээччи интэриэһэ үөрэнээччи бэйэ-бэйэтигэр сыһыанын көстүүтэ (бөлөҕүнэн
үлэ)

Хомуллан үлэлээһин (Коммуникация) – бөлөххө кэпсэтэн, санааны үллэстэ, идеяны тириэрдэ үөрэнии.
Бииргэ үлэлиир дьоҕур (Сотрудничество) – уруок хаамыыта, үлэ барар тутулугар үөрэнээччи интэриэһин тардыы. Элбэҕи билэргэ (познавательная деятельность), дьулуһуу, үлэлиир хамаандатын салайа үөрэнэр дьоҕуру сайыннарыы.

Бэйэ-бэйэни өйдөһүү (Интерактивное обучение) бөлөх итигэр бэйэ-бэйэни өйдөһүү, истии, кэпсэтии, ситэрсэн-тупсаран биэрэргэ үөрэнии.
Бөлөҕүнэн үлэ (Командная работа) биир темаҕа элбэх буолан үлэлээһин. Бөлөххө биир идеялаах, толкуйдаах, үрдүк сыалы ситиһэр дьоҕурдаах, кыайыыны бииргэ үллэстэр сатабыллаах үлэ түмүгэ буолар.

Слайд 5

Бөлөҕүнэн үлэни түөрт хайысхаҕа араарыы.

Чыычаах оҕото өрө көтөн тахсыыта.

Ынах маҥыраһан, сылгы кистэһэн,

Бөлөҕүнэн үлэни түөрт хайысхаҕа араарыы. Чыычаах оҕото өрө көтөн тахсыыта. Ынах маҥыраһан,
киһи кэпсэтэн билсэр, үлэлиир.

Устар ууну сомоҕолуур уус тыллаахтар.

Икки ардыларынан уу тохтубат бөлөх үлэтэ.

Биир санааҕа, идеяҕа сөп түбэһиннэрии. Бэриллибит үлэни бииргэ ырыта үөрэнии. Бэйэ санааны аһаҕастык бөлөх иһигэр этинии, түмүгэр хамаанда биир идеяҕа, биир санааҕа кэлиэхтээх.

Биир бөлөххө үлэлиир дьон биир тэҥ санаалаах, биирдик толкудуур, бириэмэтигэр эппиэти хоруйдуурга үөрэнэллэр.

Биир сомоҕо буолан өрө күүрүүлээхтик, үөрэ-көтө астына, дьаныһан үлэлиир гына бөлөҕү турукка киллэрии.

Бөлөх иһигэр үлэлии олорор оҕо бэйэтин идеятын, санаатын билиһиннэриэхтээх уонна аһаҕастын үөрэнээччилэр иннилэригэр кэпсии, саҥара үөрэниэхтээх.
Саһан, көтүтүллэн халыа суохтаах.

Слайд 6

Бөлөҕүнэн үлэ сыала-соруга

Үлэ сыала: Саха тылын уонна литературатын уруогар бөлөҕүнэн үлэни сайыннарыы.

Бөлөҕүнэн үлэ сыала-соруга Үлэ сыала: Саха тылын уонна литературатын уруогар бөлөҕүнэн үлэни

Билэр-көрөр сатабылы сайыннарыыга бөлөҕүнэн үлэни көдьүүстээхтик туттуу.
Төрөөбүт тыл урогар тапталы, интэриэһи үөскэтии, сайыннарыы.
Уруок тематын бөлөҕүнэн үлэ көмөтүнэн кэҥэтэн, чопчулаан, өйдөтөн үөрэтии.
Үөрэтэр уонна иитэр үлэ сибээстээхтик ыытыллар.

Үлэ соруктара:
Бөлөҕүнэн үлэни ситиһэргэ, оҕолор биир санааннан, биир түмүк оҥорон уопсай тылы булан үлэлиилэригэр дьулуһуу.
Бодоруһан үлэлиир дьоҕуру сайыннаран, үөрэнээччи бииргэ үлэлиир пааратын кытта тэҥҥэ кэпсэтэн, кэпсэтии сиэрин тутуһан, быраарсан үлэлиирин ситиһии.
Бөлөҕүнэн үлэ аныгы үөрэх биир туттар ньымата буолар.
Үөрэтэр предмиэткэ интэриэһи тардыы.
Хас биирдии темаҕа результат баар буоларыгар үлэлэһии.
Үөрэнээччи бэйэтэ толкуйдаан үлэлиир дьоҕурун сайыннарыы, уруок таһынан бэриллибит теманы хасыһан үөрэтии.

Слайд 7

Бөлөҕүнэн үлэни туһамматах уруок көрүнэ

Бөлөҕүнэн үлэни туһанан оҥоһуллубут уруок

Учуутал – сүрүн үөрэтээччи
Үөрэнээччи

Бөлөҕүнэн үлэни туһамматах уруок көрүнэ Бөлөҕүнэн үлэни туһанан оҥоһуллубут уруок Учуутал –
– үөрэтиллэр материал
Учуутал сүрүн үөрэтээччи буолбатах, тоҕо диэтэр бөлөх иһигэр үөрэнээччини кытта үлэлээбэт.
Үөрэнээччи – үөрэнээччи.

Ыытыллар уруок сөптөөх эппиэтин биир эрэ киһи быһаарар, билэр - учуутал

Ыытыллар уруок сөптөөх эппиэтин үөрэнээччилэр бэйэлэрэ булан ырытан таһаараллар.

Учуутал боппуруос биэрэр уонна хас биирдии оҕону эппиэттэтэр.

Учуутал хас биирдии бөлөххө боппуруос биэрэр, боппуруоска бөлөҕүнэн үлэлии олорор үөрэнээччилэр коллективно эппиэт биэрэллэр.

Хас биирдии үөрэнээччи бэйэтин санаатын кылгастык иһитиннэрэр.

Хас биирдии бөлөххө үлэлии оҕо бэйэтин эппиэтин биэрэригэр болҕомтолоохтук сыһыаннаһар, бөлөх кыайыта хас биирдии киһи эппиэтиттэн тутулуктааҕын өйдһһр.

Кылаас иһигэр биир эмэ үөрэнээччи кыттыбакка, кыттыспакка хаалан хаалыан сөп.

Бөлөҕүнэн үлэ түмүгэр үөрэнээччи интэриэһэ тардан кыттан үлэлээн хаалар.

Бэйэ ыккардыгар теманы ырытыы, санааны аһаҕастык этинии арыллыбат.
Учуутал саҥатын, кэпсиирин истии элбиир

Бэйэ ыккардыгар теманы ырытыы, санааны аһаҕастык этинии бөлөххө үлэ көмөтүнэн тахсар.

Слайд 8

Бөлөҕүнэн үлэ Саха тыла 6 кылаас. Уруок темата: “Ахсаан ааты олоххо туттуу

Бөлөҕүнэн үлэ Саха тыла 6 кылаас. Уруок темата: “Ахсаан ааты олоххо туттуу суолтата”
суолтата”

Слайд 9

Бөлөҕүнэн үлэ. Саха литературата 5 кылаас. Уруок темата: “Эн уонна мин”

Учуутал

үөрэнээччи

үөрэнээччи

үөрэнээччи

Бөлөҕүнэн үлэ. Саха литературата 5 кылаас. Уруок темата: “Эн уонна мин” Учуутал үөрэнээччи үөрэнээччи үөрэнээччи

Слайд 10

“Мин уонна Эн” араас предметтарга олоҕуруу уруок Бөлөҕүнэн үлэ тутула:

Уруокка бэриллэр сорудах

“Мин уонна Эн” араас предметтарга олоҕуруу уруок Бөлөҕүнэн үлэ тутула: Уруокка бэриллэр
холобура: Остуоруйа үрүҥ уонна харҥа уобарастарын ырытыы, үөрэнээччи остуоруйаны хайдах ылыммытынан бэйэтин санаатын этэргэ дьулуһар. Күөрэгэй диэн кыра кыыс оҕону тоҕо үрүҥ уобарас гына көрөбүтүй? оччого хараҥа уобарас диэн ким буоларый? Боппуруостар нөҥүө олоҕуран бөлөҕүнэн үлэ иһигэр, айымньыны толору ырытыы.

Остуоруйа тутулугар олоҕуран ырытыы.
Остуоруйа былаанын толкуйдааһын, оноруу.
Туспа туора уобарастары сааһылааһын.
Дьин олоҕу кытта тэҥнээн көрүү.
2. Идея (боппуруостарынан ырытыы)
Остуоруйа сүрүн чыпчаала туохха сытарый? (проблемата)
Остуоруйа туох түмүккэ тиийдэ, тоҕо маннык буолла?
(последствията)
Остуоруйа иһигэр баар проблеманы хайдах быһаарыахха сөбүй?

3. Үөрэтэр боппуростар
Биһиги бу остуоруйаны ааҕан баран тугу биллибит?
Тугу ситэри ырыппатыбыт? Тоҕо?

Уруокка саҕаланарыгар учуутал үлэ хайдах барыахтааҕын былаан оҥорон бөлөх салайааччытыгар туттарар.
Бэриллибит үлэттэн информацияны хайдах хомуйуохха сөбүй?
Бөлөх бэйэтин үлэтин толороругар хайдах гынан ситиһиини оҥостуохтааҕый.
Үлэ түмүгүн быһаарыы.6

Слайд 11

Рефлексия уонна үөрэнээччини кытта төттөрү сибээс

«Первейшим мотиватором людей является обратная связь, постоянное

Рефлексия уонна үөрэнээччини кытта төттөрү сибээс «Первейшим мотиватором людей является обратная связь,
осознание результатов их деятельности»
Кеннет Бланшар, американский эксперт по менеджменту

3 түһүмэх
Саамай уруок кэмигэр билбит-көрбүт түгэним
Билбит билиибин олорор олохпор туттуом
Утарар, болдьохтуур боппуростар.

Тыл көмөтүнэн ырытыы
Үөрэнэээччи барбыт тематыгар биир сүрүн тылы этэр (ключевое слово)
Бу тылы үөрэнээччилэр турору тэтэрээттэригэр суруйаллар.
Бу тылга тематтан туорабакка, аналлаах тыллары эбэн иһэллэр

Учуутал салайар
Учуутал бастаан түмүктүүр этии этэр
Үөрэнээччилэр түмүктүүр тылы учуутал кэнниттэн биирдиилээн этэн иһэллэр.
(этии 5-10 тыллаах буолар)

АХСААН ААТ

Слайд 12

Саха тылын уонна литературатын уруогар үөрэнээччи хаачыстыбатын көрдөрүүтэ

Саха тылыгар үөрэнээччи хаачыстыбата Саха

Саха тылын уонна литературатын уруогар үөрэнээччи хаачыстыбатын көрдөрүүтэ Саха тылыгар үөрэнээччи хаачыстыбата
литературатыгар үөрэнээччи хаачыстыбата
2 года

2016-2017
Үчүгэй көрдөрүү 83 %
Чиэппэрдээҕи хаачыстыба 100 %

Үчүгэй көрдөрүү 83 %
Чиэппэрдээҕи хаачыстыба 100 %

Слайд 13

Бөлөҕүнэн үлэ результатын таһаарар таблица

Бөлөҕүнэн үлэ результатын таһаарар таблица

Слайд 14

Учуутал үлэтин түмүктүүр ситиһиитэ (Модель ожидаемого результата)

Учуутал үлэтин түмүктүүр ситиһиитэ (Модель ожидаемого результата)
Имя файла: Саха-тылын-уонна-литературатын-үөрэтиигэ-бөлөҕүнэн-үлэ-суолтата.pptx
Количество просмотров: 123
Количество скачиваний: 0