Саха тылын уонна литературатын үөрэтиигэ бөлөҕүнэн үлэ суолтата
“Саха тылын уонна литературатын үөрэтиигэ бөлөҕүнэн үлэ суолтата”
Үөрэх методиката биэрэр сүбэлэрэ араастар. Биир теманы араастаан, тус-туһунан варианнарынан
үөрэтиэххэ сөп. Учуутал үөрэтэр кылааһын билиититтэн, үөрэххэ сыһыаннарыттан, үлэлиир дьоҕурдарыттан, атыннык эттэххэ араас чопчу усулуобуйалары учуоттаан, үөрэтии ньымаларын, матырыйаалын бэйэтэ талан ылар. Ол курдук, биир сүрүн ньыманнан буолар бөлөҕүнэн үлэ. Үөрэнээччи бөлөххө үлэлиир дьоҕура сайдан, туора киһи санаатын ылыныыта, биир түмүккэ кэлэр үлэни ситиһиилээхтик оҥорон таһаарар.
Үлэ проблемата: Аныгы үйэ үөрэнээччитэ киэҥ толкуйдаах, тулалыыр эйгэтиттэн элбэх билиини, информацияны ылар. Ол эрэн оҕо бэйэтин санаатын аһаҕастык этэрэ, толору кэпсиирэ сүтэн эрэр. Үйэ ирдэбилинэн билигин оҕо тылынан экзамен туттарара суох буолла, үксэ тест көмөтүнэн туттараллар. Онон сибээстээн, оҕо бэйэтин санаатын толору этэригэр, аһаҕастык кэпсииригэр уруок иһигэр бөлөҕүнэн үлэ көрүҥнэрэ баар буолуохтаахтар. Бөлөҕүнэн үлэ ньымата оҕо бэйэ санаатын сөпкө этэригэр, үлэҕэ тэҥҥэ кыттыһан улэлииригэр, туруоруллубут сыалын ситиһэригэр, кэпсии үөрэнэригэр хайысхалааһын буолар. Сайыннарар дьоҕура: Бөлөҕүнэн үлэ оҕону кэпсииргэ, санаатын толору этэригэр сайыннарар дьоҕурдаах. Үөрэнээччи кэпсэтии тылын истиилин сөпкө тутуһан, бэйэтин санаатын сааһылаан, толкуйдаан ырытар буолар. Хамаанданнан үлэ биир санааҕа киирии, бэйэ-бэйэни өйдөһүү, ситэрсэн биэрэргэ үөрэнэллэр. Бөлөҕүнэн үлэ олоҕурбут ситиһиитэ уонна тоҕоостооҕо Үлэ тоҕоостооҕо: Аныгы үйэ кэмигэр сөп түбэһиннэрэн үөрэтии, үөрэнээччи эрдэттэн хамаандаҕа үлэлиир буолар дьоҕурун сайыннарыы. Учуутал бөлөҕүнэн үлэ ньыматын туттарыгар олоҕурбут уопута. Саҥа үөрэх технологиятыгар олоҕуран (ФГОС) Араас дистанционнай үөрэх таһымнарыгар олоҕуран үөрэтии. Учууталлар уопуттарыгар олоҕуран. Стандартнай үөрэх таһымыгар олоҕуруу. Бэйэ уопутун сайыннаран үлэ араас көрүҥнэрин ыытыы.